Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө биһиги бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаевка анаммыт “Саха саргыта” диэн альманах иккис нүөмэрэ сүрэхтэннэ. Бу альманаҕы “Сахабэчээт” тэрилтэ үлэлэһэн таһаарда. Сурунаал киэҥ ааҕааччыга аналлаах.
Альманах “Саха саргыта”: “Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ М.Е.Николаев уонна саха саргыта” норуоппут урукку кэмнэрин кэрэһэлиир, ону тэҥэ саҥаны саҕарга, инникини түстүүргэ тирэх буолар.
Былырыын, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, «Саха саргыта» альманах бастакы нүөмэрин СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр сүрэхтээбиттэрэ. Онтон альманах иккис нүөмэрэ Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнигэр Михаил Николаевка анаммыт. Альманах сүрэхтэниитэ бүгүн буолан ааста.
«Саха саргыта» альманах сүрүн эрэдээктэрэ Иван Ушницкай М.Е.Николаев Федерация Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлиир кэмигэр көмөлөһөөччүнэн сылдьыбыта:“
Муҥур ытыктабылбытын, тапталбытын, көмүскэс санаабытын, сылаас сыһыаммытын ситэ тиэрдибэтэх, биллэрбэтэх Аан Дархаммыт – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев бу олохтон туораабыта кылгас кэм ааста. Кини улуута арылла турар. Ол аайы дьоммутун, дойдубутун сайыннарарга сырдык ыра санаатын сиһилии дьэ өйдүү сатыыбыт”.
“Сахалар Арассыыйа сайдыытыгар көрүүбүт туһунан, былыр-былыргыттан, Кытай саҕаттан киһи аймах, дьон аймах сайдыытыгар саха норуота маннык, Михаил Ефимович курдук, улуу дьону иитэн таһаарбыппыт. Үчүгэй дьон буоламмыт маннык дьону иитэн таһаарабыт, оннук дьон иитиллэн тахсар буоланнар, биһиги бу ыарахан да кэмнэри тулуурдаахтык ааспыппыт дии саныыбын. Дьиктитэ диэн, бу сурунаалы сүрүнэ үс киһи оҥордубут, үһүөн Михаил Ефимовичка көмөлөһөөччүнэн үлэлээбиппит”, — диэн Иван Ушницкай санаатын үллэстэр.
Альманах тэриллиитин туһунан “Сахабэчээт” сүрүн дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова кэпсээтэ:
“Былырыын өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаан биһиги, “Сахабэчээт” тэрилтэ, олохтообут альманахпыт. Бу альманаҕы баһылаан-көһүлээн таһаарар биллэр суруналыыс, Күлүмнүүр аатынан бириэмийэ лауреата Иван Петрович Ушницкай. Былырыыҥҥы альманах идиэйэтэ сахалар түмсүүлээхпит диэн өйтөн-санааттан оҥоһуллан тахсыбыта. Быйыл буоллаҕына, бу Михаил Ефимович сырдык аатын, кини кэриэһин уонна хаалларбыт нэһилиэстибэтин анаарар, ылынан ырытар уонна үүнэр көлүөнэҕэ тириэрдэр санааттан, бу бачыымы саҕалааһын курдук оҥорон таһаардыбыт. Бүгүн духуобунай лиидэрбит Михаил Ефимович Николаев сырдык кэриэһигэр, кини аатыгар анаммыт альманахпытын сүрэхтиир бэлиэ тэрээһин буолла”.
“Николаев-киин” дириэктэрэ Юрий Семенов бүгүҥҥү тэрээһин Михаил Николаевка норуот дьиҥ тапталын биллэрэр, чулуу киһибитин үйэтитэр аналлаах диэн санаатын эттэ.
Альманахха Михаил Ефимович саха омугун киэн туттуутун быһыытынан, дьон-сэргэ олоҕор, өйүгэр-санаатыгар хайдах киһи буоларын туһунан кэпсиир ахтыылар киирбиттэр